Текст песни
Омолой Өрүспүт үөһүнэн
Уруулбун салайа тутабын
Мотуорум тыаһыгар бигэнэн
Музыка алыбар киирэбин
Хайыырым уоттара кэннибэр
Атаара күлүмнүү хааллылар
Саймаархай сайаҕас дьоннордоох
Сайда тур үйэлэр тухары
Тоҕойтон тоҕойдор ааһаллар
Тииттэрим далбааттыы хаалаллар
Кытылга нуоҕаһан тураннар
Санаабар сайыһар курдуктар
Тоҥуу хаар үрдүнэн сыыйыллан
Көлүөһэм бурҕата эрийэр
Массыынам уруулун эргитэн
Киксэрэ оттукпун эбэбин
Үрдүбэр былыттар усталлар
Хотугу хойуу да былыттар
Сырсаллар сулустар сандаара
Дьүкээбил суһумар күлүмнээн