Обложка трека Алгыстаннын Сахам сирэ — Юана, Валерий Данилов
3:29

Юана, Валерий Данилов Алгыстаннын Сахам сирэ

Альбом · Ырыалара 2 Часть · 2026

Скачать

Текст песни

Дьылбыт эргиир дьиктилэрдээx
Дьырылатар дьыбардардаах
Дьирибиниир дьүкээбиллээх
Дьэрэкээннээх күөх сирэмнээх

Талба талыы талааннардаах
Мандар Уустаах Ураһалаах
Байанайдаах булчуттардаах
Бастыҥ күүстээх бөҕөстөрдөөх
Арчыланар харысхаллаах
Хорсун хоодуот ыччаттардаах

Таптыыр дойдум Сахам Сирэ
Тахсар күннээх Сахам Сирэ
Айыы дойдум Сахам Сирэ
Алгыстаннын Сахам Сирэ

Өбүгэттэн Өрөгөйдөөх
Үрүҥ Тунах ыһыахтардаах
Лыҥкыр ыллыыр кырыымпалаах
Уйан хомус дьүрүскэннээх

Дуораһыйар олоҥхолоох
Ойор тэбэр оһуокайдаах
Аан дойдуга албан ааттаах
Саргыланар аартыктардаах
Төлкөлөнөр эрэллэрдээх
Кэнчээритэ кэскиллэрдээх

Алгыс сиэрдээх таптал уота
Дьоһун дьонноох дьол уйата
Сайдар аптаах дьикти күүһэ
Туоллун уохтаах кымыһа
Таптыыр дойдум Сахам Сирэ
Тахсар күннээх Сахам Сирэ
Айыы дойдум Сахам Сирэ
Алгыстаннын Сахам Сирэ

0:00 0:00