Текст песни
Алаастаах хайалаах баай тыалаах
Туундара дьүкээбил сырдыктаах
Үс дьоһун хочолоох арыылаах
Түөрт кэрэ дьиктилээх кэмнэрдээх
Бу миэнэ мин Сахам туоната
Үс кутум тардыһар дойдута
Күнтэн күн сайдыыга дабайар
Куоратын уоттара сандаарар
Тутуулар күнтэн күн үүнэллэр
Үлэбит бу күөстүү оргуйар
Бу миэнэ мин Сахам туоната
Үс кутум тардыһар дойдута
Бу манна элбэхтэр омуктар
Дьиэ кэргэн кэриэтэ иллээхтэр
Эйэлээх суолунан хаамсаллар
Үлэҕэ үөрэххэ бииргэлэр
Бу миэнэ мин Сахам туоната
Үс кутум тардыһар дойдута
Маҥан хаар үҥкүүтүн көрөбүн
Ньургуһун быгарын күүтэбин
Сардаана сарыалын таптыыбын
Күһүҥҥү чараҥҥа хаамабын
Бу миэнэ мин Сахам туоната
Үс кутум тардыһар дойдута