Обложка трека Хотугу хотойдор — Максим Маар, Валерий Данилов
4:16

Максим Маар, Валерий Данилов Хотугу хотойдор

Альбом · Ырыалара 2 Часть · 2026

Скачать

Текст песни

Уол оҕо буолан төрөөбүт
Ытык иэскитин толоро
Бардыгыт ыҥырыы тутаҥҥыт
Дойдубут көҥүлүн көмүскүү

Ким түһээн биттэнэн билбитэй
Бу дьоллоох эйэлээх олоххо
Соһуччу сэрии диэн сурах
Хас биирдии сүрэҕи аймыаҕын

Бардыгыт хотугу хотойдор
Бар дьоҥҥут алгыһын ылаҥҥыт
Этэҥҥэ эргиллэн кэлиэххит
Төрөөбүт түөлбэҕит кэтэһэр

Урааҥхай удьуора буолаҥҥыт
Өбүгэ алгыһа куйаххыт
Арчылыы сылдьыаҕа мэлдьитин
Ханнык да соһумар түгэҥҥэ

Саалаахтан самнымаҥ
Охтоохтон охтумаҥ
Дурдабыт хаххабыт
Эр хоһуун уолаттар

0:00 0:00