Текст песни
Урааҥхай удьуордаах буоламмын
Сахалыы мин тиһэр буоламмын
Аһаҕас үс куттаах буоламмын
Элэккэй кэпсээннээх буоламмын
Доҕоттор эргиччи элбэхтэр
Тааттаттан Ньурбаттан Бүлүүттэн
Эркээни Эҥсэли иһиттэн
Таас Дьааҥы хайатын быыһыттан
Кый ыраах Аанньаахтан Сунтаартан
Чараҥнаах Чурапчым тыатыттан
Тус хоту Өлөөнтөн Томпоттон
Абыйтан Алдантан Булуҥтан
Тоҥ муустаах байҕалтан Тиксииттэн
Тигинэс Туймаадам үөһүттэн
Киэҥ иэннээх мин Сахам сириттэн
Эргиччи доҕоттор элбэхтэр
Күн аайы санааны үллэстэн
Үөрэбит көтөбүт тиһэбит
Хоһоонноон ылабыт ыллыыбыт
Ардыгар мэниктээн ылабыт
Сахалыы билэрим тиһэрим
Хоһооннуун доҕордуу буолбутум
Кэрэтиэн билсиһиим иэннэрэ
Күнтэн күн бу хаҥаан иһэрэ
Арай мин сахалыы иэйбэтэх
Хоһоону тиспэтэх буолуум дуу
Олоруом этэ мин соҕотох
Тулабар уу чуумпу им балай