Текст песни
Хайдах эрэ
Хайдах эрэ санаабар
Халлаан сырдыыр хараҥарар
Олох устар чуумпутук
Улугурбут баҕайытык
Хайдах эрэ
Хайдах эрэ санаабар
Хаарыан дьыллар хонуктар
Орохторун омоонноро
Уһун дьылга сүппүттэр
Хайдах эрэ
Хайдах эрэ санаабар
Хаалбыт кэрчик кэмнэрим
Отой атын сүүрүккэ
Устар курдук оргууйдук
Хайдах эрэ
Хайдах эрэ санаабар
Хаарыан дьоммун сэргэбин
Олорон ааспыт олохторун
Уйадыйа саныыбын
Хайдах эрэ
Хайдах эрэ санаабар
Хаһан ханнык биэтэккэ
Орох тэппит ыллыктар
Тиэрдэллэрэ эбитэ