Перейти к содержимому
Обложка трека Сырылаччы сыллыа5ым — Валерий Данилов
2:27

Трек

Валерий Данилов Сырылаччы сыллыа5ым

Альбом · Үрүҥ Түүн · 2026 · Поп

Скачать

Текст песни

Барыгытын ордорбокко
Сырылаччы сыллыыбын
Кими эрэ омуннаахтык
Кими эрэ сэмэйдик

Сыллыым эрэ диэн сэрэнэ
Көҥүл ылбат эбиппин
Аргыый аҕай үөмэн кэлэн
Кэтэххиттэн сыллыаҕым

Сыллаатахха өһүргэнэн
Тэйиэккэлии түһээйэҕит
Ким көҥүллээн диэни адьас
Мин истэрбэр туттаайаҕыт

Арчылыырдыы аһынардыы
Билэр киһи сиэринэн
Үчүгэйи баҕараммын
Сыллаан ылыам эмискэччи

Ол сыллыырбар үтүө санаа
Кыымын саҕа кыбытыаҕым
Дьол суһумун уотун тутан
Эһиэхэҕэ иҥэриэҕим

0:00 0:00