Перейти к содержимому
Обложка трека Этиэм этэ — Валерий Данилов
4:00

Трек

Валерий Данилов Этиэм этэ

Альбом · Ыйдаҥа · 2026 · Поп

Скачать

Текст песни

Айыы тыына буоламмын
Куппун онно уктарбын
Алгыс туһун тутаммын
Оргууй уста көттөрбүн
Үрдүк мэҥэ халлааным
Үрдэлигэр тиийдэрбин
Үс үйэ үктэллээх
Дьаһал сүрүн туттарбын

Эрэйи муҥу сүргэйэн
Күн күлүмүн оонньотон
Хахсаат тыалы сыҕайан
Сииктээх отун үктэнэн
Истиҥ сылаас тыыммынан
Этиэм этэ ыпсаран
Үрэх баһа олохтоох
Бар дьоммор ырыанан

Ийэ сирбин илгэлээн
Үрүҥ хаарын угуттаан
Ойуу талах күөх тыатын
Симэҕинэн киэргэтэн
Добун ардах утахтаан
Тыынын салгыыр сүмэлээн
Аар тайҕам маанылаах
Айбыт суола дэттэрбин

Көстүөм этэ оччоҕо
Ый быыһа түүннэргэ
Ырыа буолуох тыллардаах
Киэһээтигэр эрэнэ
Этиэх буолбут санаабын
Сулустардыын холбоору
Кэпсиир ипсиир саҥабын
Сиккиэринэн тиэрдээри

0:00 0:00