Текст песни
Дьахтар өйүн мээрэйэ
Аһынааҕар кылгас диэн
Былыргылар үгэргээн
Этэллэрэ эгэтиэн
Ойор күҥҥэ оронуттан
Оһоҕор тиийиэр диэри
Түөрт уон санаа уларыйан
Күөрчэхтэнэр үһү диэн
Тугун баҕас омунаҋ
Оннук татым өйүнэн
Оччо элбэх санааны
Хайаан саныы охсорой
Күннээх олох моһоло
Сэрэтэрэ буолуо дуу
Сөптөөх санаа тосхоло
Аһыллыаҕа уруйдуу
Аанньал кэрэ далбартан
Тутуллара буоллаҕа
Олох устар тутула
Удьуор ууһуур тускула
Дьахтар баарын тухары
Саха буолан сайдаммыт
Омук буолан ууһааммыт
Баччаларга тиийдэхпит