Перейти к содержимому
Обложка трека Манчаары оонньуута — Валерий Данилов
4:27

Трек

Валерий Данилов Манчаары оонньуута

Альбом · Ыйдаҥа · 2026 · Поп

Скачать

Текст песни

Бэргэннэр сымсалар
Бөҕөстөр быһыйдар
Өрөгөй дуоҕатын
Өндөччү тутаннар
Эрэйи эһээри
Эйэни түстээри
Оонньууга түмсэллэр
Күрэххэ киирэллэр

Үүт тураҥ дойдуга
Үс Саха төрүөҕэр
Манчаары хоһууҥҥа
Эҕэрдэ этэбит
Эн манна эн көрдөр
Урааҥхай уол оҕо
Быыппастар быччыҥҥын
Элэйбэт атаххын

Манчаары үтүөкэн
Санаатын кэриэстээн
Сатабыл модун күүс
Көстүүтүн кэрэхсээн
Үйэ саас тухары
Бу төрүт оонньуулар
Сир ийэ үрдүнэн
Сатарыы турдуннар

0:00 0:00