Текст песни
Сахам тыла саргылаах
Сайаҕастай майгылаах
Сырдык ыраас санаалаах
Салгыы сайдар аналлаах
Төрүт тылым силистээх
Түөрэ барбат тирэхтээх
Тибиллибэт төҥүргэстээх
Төлкөм биэрбит бэлэхтээх
Ийэ тылым иччилээх
Иитэр үөрэтэр ирдэллээх
Истиҥ иһирэх иэйиилээх
Иилэн аахпат дьиктилээх
Сахам тыла саргылаах
Төрүт тылым силистээх
Ийэ тылым иччилээх
Бу мин тылымкиэн туттуум