Текст песни
Үрүн күммүт тахсыыта
Ойон тэбэн бэриэххэ
Илин са5ах кыыһыыта
Ырыа тойук тардыахха
Антах - бэттэх барбакка
Бары бииргэ буолуохха
Уруй буолуохтун
Айхал буолуохтун
Туругурдун Сахам сирэ
Эйэ дэмник олорон
Ыһыахпытын ыһыахха
Аал уоппутун оттоммут
Иччилэргэ үҥүөххэ
Үөһэ көрөн биэриэххэ
Уруй диэхтэрэ биьиэхэ
Уруй буолуохтун
Айхал буолуохтун
Туругурдун Сахам сирэ
Саха буолаҥҥын сандаар
Саха диэн аар хайа адаар
Саха буолаҥҥын сандаар
Төрүччүгүн силистэргин умнумаар
Хатылан наар
Суолтата аар
Удьуор утумнаар
Саха өссө да баар
Искэр баар киистэлгин ииттэҥҥин
Иилэҥҥин моонньугар иитэргин ис киэҥнээх килбиэннээх ис дьиҥҥин
Сиргэ баар ирбэти иирдэҥҥин илгэни ил эбтэн өлгөмүн элбэтэн ис
Тирэхтэнэн ис
Сайдыы суолунан ис
Саха күүһэ баар ис
Батыһан ис
Саха буолан сандааран
Сайдан - үүнэн иһиэххэ
Киһи буолан килбэйэн
Кэскилбитин тэлиэххэ
Дойдубутун дьоммутун
Ис сурэхтэн таптыахха
Уруй буолуохтун
Айхал буолуохтун
Туругурдун Сахам сирэ
Уруй буолуохтун
Айхал буолуохтун
Туругурдун Сахам сирэ