Текст песни
Бу орто дойдуга
Саха буолан сандааран
Киһи буолан килбэйэн
Уруйдаан-айхаллаан олоруохпут
Кутулла турар ырыам тыла
Өрө күөрэйдэ кыым уота
Турук хайам үрдунэн
Тоҕуоруһан көтөллөр
Аар айыым дьонноро
Алгыс күүһүн иҥэрэннэр
Өбүгэбит күүстэригэр
Үҥэн эрдэхпит
Өбүгэм билиитэ
Сахалыы иитиитэ
Быстыбат ситимэ
Тымырбар иҥмитэ
Ол кэмтэн миэхэҕэ
Тэбиэҕэ сүрэхпэр
Уһуктар сахам тыла
Уран уус матыыба
Уран уус матыыба
Уран уус матыыба
Хоту сир дойдубут
Күөҕүнэн хойдубут
Халлаан өҥө тупсубут
Куппун иэйэ туппут
Устар өбүгэ хааннаах
Күн күүһүнэн тыыннаах
Эрэллээх сарсыҥҥылаах
Саха омук диэн ааттаах
Алыптаах айар хоһоонум миэнэ
Аарыма кустук буолан бүрүйдэ
Уйаҕас тылым уйулҕата миэхэ
Түөспэр уот, күүспэр уох
Өбүгэм билиитэ
Сахалыы иитиитэ
Быстыбат ситимэ
Тымырбар иҥмитэ
Ол кэмтэн миэхэҕэ
Тэбиэҕэ сүрэхпэр
Уһуктар сахам тыла
Уран уус матыыба
Өбүгэм билиитэ
Сахалыы иитиитэ
Быстыбат ситимэ
Тымырбар иҥмитэ
Ол кэмтэн миэхэҕэ
Тэбиэҕэ сүрэхпэр
Уһуктар сахам тыла
Уран уус матыыба
Уран уус матыыба
Уран уус матыыба