Текст песни
Киэҥ аартыгы тэлэммин
Киэҥник-куоҥнук хардыылаан
Ытыктабыл ыламмын
Иитиэм диирим дьоннорбун
Элбэх санаа кыымнара
Эһиэннэрэ-миэннэрэ
Сыыска-буорга тэпсиллэн
Хаалаахтыыллар халтайга
Хаалан хаалбыт санааҥ
Хам баттаабыт баҕаҥ
Сөҥөн хаалбыт хоргутууҥ
Кыһыккатын, абатын
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын
Силлиэ түһэн ааһыаҕа
Оту-маһы сынньыаҕа
Нүhэр-ньыгыл , чиҥ-чаҕаан
Түс-бас киhи буолаар диэн
Этэллэрэ миэхэҕэ
Кэккэ чугас дьоннорум
Онтон бэттэхСыллар-күннэр
Элбэхтик да ааһаллар
Атын олох долгуна
Илдьэ барар эйиигин
Хаалан хаалбыт санааҥ
Хам баттаабыт баҕаҥ
Сөҥөн хаалбыт хоргутууҥ
Кыһыккатын, абатын
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын
Силлиэ түһэн ааһыаҕа
Оту-маһы сынньыаҕа
Истиий! Ис санаам иэйиитин
Болҕой! Мин этэр тылларбын
Сэргээҥҥин сэҥэриий
Санаа! Көй санаам ооннььуутун
Ахтаммын, туойаммын ыллыырбын
Хаалан хаалбыт санааҥ
Хаалан хаалбыт санааҥ
Хам баттаабыт баҕаҥ
Сөҥөн хаалбыт хоргутууҥ
Кыһыккатын, абатын
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын
Силлиэ түһэн ааһыаҕа
Оту-маһы сынньыаҕа
Силлиэ түһэн ааһыаҕа
Оту-маһы сынньыаҕа