Текст песни
Кэҕэ этэн чоргуйар
Күннээх халлаан анныгар
Талах аайы татыйыык
Талан ыллыыр сиригэр
Бу Ленам биэрэгэр
Таас хайам кэллэҕим
Эн кэлиий, кэлиий
Күндү сэгэриэм
Таптыыр эбэм сурэҕиэм
Эн кэлиий, кэлиий
Күндү сэгэриэм
Таптыыр эбэм сүрэҕиэм
Ыраас уулаах үрэхтэр
Ырыаларын истиэхпин
Күлүкпүтүн көрүнэн
Кытыл устун хаамсыахпыт
Бу Ленам биэрэгэр
Таас хайам кэллэҕим
Эн кэлиий, кэлиий
Күндү сэгэриэм
Таптыыр эбэм сүрэҕиэм
Эн сүрэҕин тайыллан
Күүтэр күүстээх тапталбын
Сырдык санаам тиийиэҕэ
Ханна да буол, эйиэхэ
Бу Ленам биэрэгэр
Таас хайам кэллэҕим
Эн кэлиий, кэлиий
Күндү сэгэриэм
Таптыыр эбэм сүрэҕиэм
Эн кэлиий, кэлиий
Күндү сэгэриэм
Таптыыр эбэм сүрэҕиэм
Эн кэлиий, кэлиий
Күндү сэгэриэм
Таптыыр эбэм сүрэҕиэм
Сүрэҕиэм