Обложка трека Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн — Раиса Захарова
3:10

Раиса Захарова Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн

Сингл · 2025

Скачать

Текст песни

Оҥоойуктаах орой мэник
Ойор - тэбэр оҥхойдорум
Оҥоойулаах омоох суолум
Оһон - сүтэн симэлийбит
Кып-кытархай дьэдьэн имнээх
Кып-кыракый солооһунум
Оһуор-симэх сиэрэ ситэн
Арай тупсан сириэдийбит

Амсат эрэ дьэдьэнҥиттэн
Күөх тайҕам быйаҥыттан
Алаас кыыһа оҥоойуктан
Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн
Ахтар саныыр аспыттан

Хоту дойдум хоптолоро
Айманымаҥ арахсарбар
Муустаах муорам хомолоро
Силлиэримэҥ дойдулуурбар
Бүгүн манна муһуннулар
Чэччиниэрдэр, хахыйахтар
Талбаарыһа уһуннулар
Ытыс муҥа кэһии уунан

Амсат эрэ дьэдьэнҥиттэн
Күөх тайҕам быйаҥыттан
Алаас кыыһа оҥоойуктан
Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн
Ахтар саныыр аспыттан

Оҥоойуктаах орой мэник
Ойор - тэбэр оҥхойдорум
Оҥоойулаах омоох суолум
Оһон - сүтэн симэлийбит
Кып-кытархай дьэдьэн имнээх
Кып-кыракый солооһунум
Оһуор-симэх сиэрэ ситэн
Арай тупсан сириэдийбит

Амсат эрэ дьэдьэнҥиттэн
Күөх тайҕам быйаҥыттан
Алаас кыыһа оҥоойуктан
Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн
Ахтар саныыр аспыттан
Эчи-эчи үчүгэйиэн
Эчи-эчи минньигэһиэн
Эчи-эчи үчүгэйиэн
Минньигэһиэн!

0:00 0:00