Текст песни
Киирэр-тахсар күннэрдиин
Кэккэлэһэн иһиэхпин
Кэрэмэс саһыл кэриэтэ
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Киэһэ күнүм арҕаалаан
Киирэн хаалыан иннинэ
Кэхтибэтэх сылаастаах
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Киһи буолан бу сиргэ
Кэлбит үтүө айылгым
Кэрэлэрэ эн бааргын дии —
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Кэрэлэрэ эн бааргын дии —
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Кэмнэммэтэх дьолунан
Кэнэҕэски ыччаппар
Кэпсэл гына сылдьыахпын
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Киирэр-тахсар күннэрдиин
Кэккэлэһэн иһиэхпин
Кэрэмэс саһыл кэриэтэ
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Киһи буолан бу сиргэ
Кэлбит үтүө айылгым
Кэрэлэрэ эн бааргын дии —
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Кэрэлэрэ эн бааргын дии —
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ
Кэрэлэрэ эн бааргын дии —
Кэрэҕиттэн бэлэхтээ