Текст песни
Сырдык күннээх суолунан
"Таптыыр оҕом барыый", — диэн
Атаарбытыҥ долгуйан
Алааспыттан, дьиэбиттэн
Күндү ийэм
Күн ийэм барахсан
Ыраас, нарын иэйиинэн
Сырдыы, үөрэ күүттэҕэ
"Аны уолум кэлиэ", — диэн
Алаадьылаан эрдэҕэ
Күндү ийэм
Күн ийэм барахсан
Тыаллаах, хаардаах буурҕаттан
Тымныйдаҕа дии санаан
Олус күүскэ тэптэҕэ
Уоскуйбатах сүрэҕэ
Күндү ийэм
Күн ийэм барахсан
Күндү ийэм
Күн ийэм барахсан