Обложка трека Ардах — Раиса Захарова
2:22

Раиса Захарова Ардах

Сингл · 2025

Скачать

Текст песни

Кууран турбут куораппар
Сибэккибэр, күөх оппор
Ардах түһэн курулаата
Үөрэ – көтө ыллаата

Сырдык чаҕыл ардахха
Сытыйары умнуохха
Халлаан диэки хайыһыахха
Аргыый аҕай хаамсыахха

Хахха сири көрдөөннөр
Дьоннор туора сүүрдүлэр
Ханаабанан өлбөөркөй
Сүүрээнньиктэр сүүрдүлэр

Сырдык чаҕыл ардахха
Сытыйары умнуохха
Халлаан диэки хайыһыахха
Аргыый аҕай хаамсыахха

Чаҕылҕаным үрдүбэр
Тосто – тосто кумалан
Этиҥ эттин үрдүбэр
Куотуом суоҕа ардахтан

Сырдык чаҕыл ардахха
Сытыйары умнуохха
Халлаан диэки хайыһыахха
Аргыый аҕай хаамсыахха
Халлаан диэки хайыһыахха
Аргыый аҕай хаамсыахха
Халлаан диэки хайыһыахха
Аргыый аҕай хаамсыахха
Халлаан диэки хайыһыахха
Аргыый аҕай хаамсыахха!

0:00 0:00