Текст песни
Хагдарыйбат күөхтэрдээх
Харыйалаах бэстэрдээх
Ырыа чуораан сүүрүктээх
Ыраас мааны үрэхтээх
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Охсулартан үлэлээн
Олук дьону айсыһар
Кэлэр кэммит кэрэтин
Оһуор курдук аанньыһар
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Үтүө бастыҥ дьонунан
Үөрэр-көтөр аатырар
Үлэ үөрэх дьолунан
Үүнэр сайдар долгуйар
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Күлэр күннээх халлааммар
Ырыа тойук дьиэрэйэр
Чыычаах ыллыыр дьон таптыыр
Кэрэ сирэ киэркэйэр
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Дойдум дьонун таптала
Бэрдьигэстээх кырдала
Бэрдьигэстээх кырдала
Бэрдьигэстээх кырдала