Текст песни
Үчүгэйиэн, ыйдаах түүн
Тыынан устар – үрэххэ
Эрчимирдэр эн күлүүн
Эрдэн биэрэн истэххэ
Үчүгэйиэн, үрдүбэр
Үрүн туман быыһынан
Суһуох курдук лабаалар
Хоҥкулдьуһан ылаллар
Тугу эмэ санаарыый –
Сулус устар ол үөһэ
Эн сүрэххин аһаарыый
Бу кэмҥэ түүн үөһэ
Үчүгэйиэн, үрдүбэр
Үрүн туман быыһынан
Суһуох курдук лабаалар
Хоҥкулдьуһан ылаллар
Ый суолуттан туораамыах –
Дьолу тута устуохха
Бу күөх түүнү, доҕоччуок
Ырыа гынан туойуохха
Үчүгэйиэн, үрдүбэр
Үрүн туман быыһынан
Суһуох курдук лабаалар
Хоҥкулдьуһан ылаллар
Хоҥкулдьуһан ылаллар