Текст песни
Хас мин ырыам
Ылламмакка эрэ
Хаалан хаалыаҕын
Билбэппин
Хас маннык ыйдаах
Күһүҥҥү киэһэлэр
Тымныы кыс хаарга
Көмүллүөхтэрин
Ол эрэн мин олоҕум кэрэ кэмнэрэ
Эһигини кытары убайдарым
Ама бу хатыҥтан түспүт сэбирдэхтии
Түһүөххүт дуо эһиги сүрэхпиттэн
Күн аайы олох буурҕатын кытары
Охсуһартан бокуой булбаппын
Хас үүнэр күнтэн күүтэбин кэрэни
Ол эрэлтэн буурҕа уостуо диэн
Ол эрэн мин олоҕум кэрэ кэмнэрэ
Эһигини кытары убайдарым
Ама бу хатыҥтан түспүт сэбирдэхтии
Түһүөххүт дуо эһиги сүрэхпиттэн
Комментировать