Перейти к содержимому
Обложка трека Саха буоламмын — Эрхаан
3:14

Трек

Эрхаан Саха буоламмын

Альбом · Кыайыы Кынаттаах · 2025 · Рок

Скачать

Текст песни

Дьылҕам миэхэ анаабыт
Саха буолар саргыны
Тыйыс дойдум киилиппит
Оҕо саастан уоланы
Сайын бүтэй куйааска
Бырдах кумаар быыһынан
Оттуом мүөттээх алааска
Эппин хааммын эрчийэммин

Ууга түһэн уокка буһан
Тимир курдук мин хатабын
Хаары оймоон сиргэ хонон
Эр санаабын иитэбин мин

Кыһын тостор тымныыга
Силлиэ Буурҕа эрийээр
Дойдум тыынын уйарга
Саха буолтум үөрэтэр
Уһун ыраах айаҥҥа
Тулуур дьулуур чочуллар
Булду аһы сырсарга
Хоһуун киһи тулуйар

Ууга түһэн уокка буһан
Тимир курдук мин хатабын
Хаары оймоон сиргэ хонон
Эр санаабын иитэбин мин

Комментировать

0:00 0:00