Текст песни
Уол оҕо эр киһи
Доҕор атас табаарыс
Көмүскэс санаалаах
Кини куруук бастакы
Бигэтик тирэнэр
Дойдутун ааттатар
Кини күүскэ хамсанар
Эркин курдук эрэллээх
Уол оҕо эр бэрдэ
Уол оҕо ат кулун
Уол оҕо эстибэт күүс
Уол буолар дурда хахха
Уол буолар олох төрдө
Уол оҕо эр киһи
Дойдутун туһугар
Кэннинэн кэхтибэт
Уоттаах да сэриигэ
Кыайыыны уһансыахтаах
Ыал олоҕо кэскилэ
Ыал тирэҕэ аҕатыгар
Күрүө хаһаа тэринэн
Оло5у түстүүр эр киһи
Уол оҕо ат кулун
Уол оҕо эстибэт күүс
Уол буолар дурда хахха
Уол буолар олох төрдө
Уол оҕо эр киһи
Комментировать