Текст песни
Улуу диирбин көҥүллээ
Уруйдуурбун көҥүллээ
Кэрэ диирдин көҥүллээ
Кэрэхсиирбин көҥүллээ
Устар көтөр Халыма
Уһуур кэҥиир Халыма
Унаар торҕо Халыма
Уйгу быйаҥ Халыма
Улуу диэбэт буолуомуй
Уруйдаабат буолуомуй
Кэрэ диэбэт буолуомуй
Кэрэхсээбэт буолуомуй
Ырыа бэрдин эн бэйэҥ
Ыллыы сытар курдуккун
Тойук бэрдин эн бэйэҥ
Туойар айар курдуккун