Обложка трека Истиий — Сайдам, Kuyaar Uola
2:51

Сайдам, Kuyaar Uola Истиий

Сингл · 2023

Скачать

Текст песни

Эн хара харахтаргар
Таптал уотун көрбүтүм
Эн итии сыһыаҥҥыттан
Таптал диэни билбитим
Ол иннинэ олох мин
Итэҕэйбэт да этим
Таптал баарыгар
Мин аттыбар
Ол эрэн билигин эн
Миигиттэн ыраатаҕын
Уйаҥ дууһабын эн
Чуҥкутан ытатаҕын
Күнүн аайы күүтэбин
Биһи көрсөр күммүтүн
Кууһан баран ыытыам суоҕа
Эйиигин мин сэгэр
Мин сүрэҕим ирдиир
Эн итии илиилэргин
Сиэтэн баран куотуохпун
Олус эрдэ ыыппыппын
Ол тоҕо билигин сиэппэппиний
Нарын ытыскын
Ол тоҕо билигин көрбөппүнүй
Эн истиҥ мичээргин
Сэгэриэм истиий
Хайдах курдук күүскэ таптыырбын
Эн хара харахтаргар ойуулаан көрүүй
Соторунан турар буолуом
Эн иннигэр сэгэриэм
Иккиэн күүтүөххэриий
Ол күҥҥэ төннүөххэриий
Эн эбиккин сэгэриэм
Тапталым уота
Миигин уматыый
Тапталгынан сырдатыый
Аттыбар эн бааргына
Күн тыгар этэ
Аттыбар эн бааргына
Сүрэҕим тэбэрэ
Мин сүрэҕим ирдиир
Эн итии илиилэргин
Сиэтэн баран куотуохпун
Олус эрдэ ыыппыппын
Ол тоҕо билигин сиэппэппиний
Нарын ытыскын
Ол тоҕо билигин көрбөппүнүй
Эн истиҥ мичээргин

0:00 0:00