Текст песни
Күлтэн кутаа күөдьүйдэ
Көтөр кутум күүһүрдэ
Күндү күннүү күндээрдим
Күөрэгэйдии куйаардым
Или иитэр итэҕэллээх
Аары айар айыылардаах
Одун ойуун ойуурдардаах
Эйэ эбэр эбэлэрдээх
Сахам сирэ саталанна
Саха сүрүм сытыыланна
Сүҥкэн-сүдү санааланным
Саргы-сарыал саҥаланным
Түҥү түмэр таҥха тыыннаах
Төрүү турар төлкө тыллаах
Оттом олох олоҥхолоох
Ойуу-оһуор оһуохайдаах
Сахам сирэ саталанна
Саха сүрүм сытыыланна
Сүҥкэн-сүдү санааланным
Саргы-сарыал саҥаланным
Эйэҕэстэй эҕэрдэлээх
Өргөс өркөн өрөгөйдөөх
Дьиҥэ дьайар дьайҕа дьоллоох
Дьикти дьоһун дьолуо дьонноох
Сахам сирэ саталанна
Саха сүрүм сытыыланна
Сүҥкэн-сүдү санааланным
Саргы-сарыал саҥаланным