Текст песни
Ол биир түгэн уһун-кылгас
Ааһан биэрбэт ахтылҕан
Ситтэрэн бэрт, ыраах-чугас
Үргэн көтөр үрүҥ туман
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ, бүтүмэ
Хаалбыта биир түгэҥҥэ
Эдэр сааһым соҕотох эрэлэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ыраас таптал сырдык түүнэ
Суһум буолаҥҥын сүтүмэ
Эдэр сааһым кэрэ түүлэ
Күрэнимэ, бүтүмэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ону тэҥэ кэрэ түүлгэ
Ый толбонун дьиримэ
Ыйдаҥалаах сырдык түүҥҥэ
Ырыа дайар түгэнэ
Умнуллубат кэрэ көстүү
Умсулҕанын үгэнэ
Ыйдаҥа түүн сүрэххэ
Бу түгэнниин сүтүөххэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ыраас таптал сырдык түүнэ
Суһум буолаҥҥын сүтүмэ
Эдэр сааһым кэрэ түүлэ
Күрэнимэ, бүтүмэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ыраас таптал сырдык түүнэ
Суһум буолаҥҥын сүтүмэ
Эдэр сааһым кэрэ түүлэ
Күрэнимэ, бүтүмэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ
Ыраас таптал сырдык түүнэ
Суһум буолаҥҥын сүтүмэ
Эдэр сааһым кэрэ түүлэ
Күрэнимэ, бүтүмэ
Ыйдаҥа түүн дьиримэ
Күрэнимэ бүтүмэ