Текст песни
Сарсыарда саһарҕа тахсыыта
Күн сырдык мичээрэ иэйиитэ
Чөмчүүк таас кэриэтэ сиик таммах
Күлүмнэс үөрүүнэн имэҥниир
Күп күөх от үрдүнэн дуугунаан
Мин киирдим оргууйдук кытылбар
Күн көмүс күлүмнүүр дуйдара
Күөл чуумпу ньууругар үҥкүүлүүллэр
Аар хатыҥ солко күөх сэбирдэх
Бүрүнэн турарын кэрэтин
Ыраас күөл ньууругар күлүккүн
Көрүнэн киэргэнэн эрдэҕин
Айылҕам барахсан бу кэмҥэ
Чуумпуран налыйан турдаргын
Сахалыы сайаҕас санаанан
Эмиэ да килбиктик иһийэн
Элбэҕи үгүһү эппэккэ
Сүрэҕим имэҥэр киллэрэн
Айылҕам кэрэтин ис дьиҥин
Таайарга билэргэ дылыбын
Айманар дууһалаах барыта
Иһирэх майгыны ирдээхтиир
Тыыннааҕын тухары эн эмиэ
Ис дьиҥи эрэли көрдүүгүн
Ис дьиҥи эрэли көрдүүгүн