Текст песни
Күн сырдык мичээрин бэлэхтээн
Эн миигин өрүүтүн дьоллооторгун
Бу сиргэ олоххо сырдыгы
Мин билбит эбиппин дэниэм этэ
Сандаарар саһарҕам эн буолаҥҥын
Олохпун өрүүтүн сырдатыан дуо?
Оҕолуу эйэҕэс, сырдык
Иэйиибин билиэҥ этэ дуо?
Бу ыраас тапталбар куустарыаҥ этэ дуо?
Сир, дойду санаабар эйиигин
Кэрэтинэн симээбит курдук дии
Ураты иэйиигэ ылларан
Отой мин туймааран туран хааллым
Сандаарар саһарҕам эн буолаҥҥын
Олохпун өрүүтүн сырдатыан дуо?
Оҕолуу эйэҕэс, сырдык
Иэйиибин билиэҥ этэ дуо?
Бу ыраас тапталбар куустарыаҥ этэ дуо?
Сандаарар саһарҕам эн буолаҥҥын
Олохпун өрүүтүн сырдатыан дуо?
Оҕолуу эйэҕэс, сырдык
Иэйиибин билиэҥ этэ дуо?
Бу ыраас тапталбар куустарыаҥ этэ дуо?
Күн сырдык мичээрин бэлэхтээн
Эн миигин өрүүтүн дьоллооторгун