Текст песни
Мин үөрүүм – эн мичээрин
Угуйар күн сылааһын
Мин дьолум – эн көрүүн
Туохха да тэҥнэспэт
Билбэппин эн санааҕын
Түүлгэр кими көрөргүн
Ханнык ыллыгы батыһа
Сиэттиһэн хаамсаргын
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһабын
Ыллардым бүтүннүү бэйэбинэн
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһан
Ыллардым бүтүннүү бэйэ – бэйэ
Бэйэ – бэйэ, бэйэ – бэйэ, бэйэ – бэйэбинэн
Эйиэхэ баар - халлааным
Харахтаргар көрбүтүм
Эйиэхэ баар - матыып
Айар хоһооннорбор
Утары хардыылыаҕым
Санааларбын этиэҕим
Сүрэҕим эрэнэ
Тугу кэтэһэрин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһабын
Ыллардым бүтүннүү бэйэбинэн
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйиигин сайыһан
Ыллардым бүтүннүү бэйэ – бэйэ
Бэйэ – бэйэ, бэйэ – бэйэ, бэйэ – бэйэбинэн
Эн этиий, эн этиий, эн этиий, эн этиий