Текст песни
Эйигиттэн ыраахпын
Эмиэ аттыгар суохпун
Бырастыы куруук аттыгар баар буолбаппын
Эйиигин ахтабын кырдьык итэҕэй эн (кырдьык итэҕэй эн)
Сүүһүнэн сыллар аастыннар мин тапталым сүтүө суоҕа эйиэхэ
Төһө да олохпут кылгаһын иһин үйэлэр тухары этиэм тапталым тылларын
Күүт миигин сэгэриэм
Истиҥ тыллары этиэм
Ахтыбыппын барытын кэпсиэм кэпсиэм
Санааҕын таайан сүрэххин сүүйэн ылыам
Уонна эмиэ ыраах мин барыам
Халлааҥҥа тыгар сулус курдук эйиэхэ мин көстүөм (сулус курдук эйиэхэ мин көстүөм)
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ эйиэхэ
өйдүүгүн дуо аан бастаан хайдах этэй
Төһөлөөх элбэх эргиллибэт кэрэ түгэннэр
Субу көстөр санныбар утуйа сытарын
Сэрэнэн оргууй төбөҕүттэн сыллыырым
Биэрэбин мин бэлэх эйиэхэ утары сүрэххин биэр эн миэхэ
Саатар көрдөр биир бэлиэ сэгэрбэр көтөн тиийиэм
Кэм кэрдиис олус түргэнник аттыбытынан устар
Ол тухары тапталым эйиэхэ миэнэ уостубат
Утары көрөн туран сиэтий мин илиибин
Эн курдук кэрэ сибэкки аан дойдуга суох диибин
Кэрэ сибэкким ытыспар эн тыллый
Кэрэ сибэкким ытыспар эн тыллый
Көрөбүн көстөр биир эрэ ыллык
Соҕотох ыйым ыйар эйигин эрэ һыллыай (соҕотох ыйым ыйар эйигин эрэ һыллыай)
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ эйиэхэ
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ эйиэхэ
(Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин)