Текст песни
Эмиэ соҕотох хоһун иһигэр кинини саныы олороҕун эн
Эргиллибэт бириэмэни төбөҕөр эргитэ
Өссө биир түгэннэ бэлэхтээ киниэхэ (киниэхэ)
Эмиэ соҕотох хоһун иһигэр кинини саныы олороҕун эн
Эргиллибэт бириэмэни төбөҕөр эргитэ
Өссө биир түгэннэ бэлэхтээ киниэхэ (киниэхэ)
Кинитэ суох олус тымныы
Туох да суох соҕотохсуйар курдукпун
Биһи мээнэбит уонна эдэрбит
Өскөтүн бииргэ өрүүтүн
Сипсийэн мин этиэм
Ис сүрэхтэн тахсар тылларбын
Ыарыыбын барытын
Мин дууһабыттан аһардыам дии санаан
Халлааҥҥа турар соҕотох ый курдук
Эн эмиэ оннук соҕотоххун
Эмиэ соҕотох хоһун иһигэр кинини саныы олороҕун эн
Эргиллибэт бириэмэни төбөҕөр эргитэ
Өссө биир түгэннэ бэлэхтээ киниэхэ (киниэхэ)
Эмиэ соҕотох хоһун иһигэр кинини саныы олороҕун эн
Эргиллибэт бириэмэни төбөҕөр эргитэ
Өссө биир түгэннэ бэлэхтээ киниэхэ (киниэхэ)
Сүтэрэн эрэбит таптал суолун
Көрөбүт атын дьон хараҕар дьолу
Күн түүн олорбоппун сүгүн
Күнүһүн көстөр эн күлүгүн
Сайыһар сүрэҕим эйигин көрдүүр
Күнүһүн да бөлүүн да буоллун
Арый миэхэ эн сүрэххэр суолу
Сордоомо сордоомо эн уолу
Эн эрэ аттыгар күн тыгар
Хайдар сурэҕим эйигинэ суох мунар
Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллэ эн биэр
Куустуһан сытан тапталга тимириэх
Барыны барытын билигин даҕаны саныыбын
Бириэмэ бытаар турабын аартыккар
Кэтэһэбин эйигин субу тиийэн кэлэргин
Кэлэн баран этэргин таптыыбын мин эйигин