Текст песни
Чуумпу эмиэ тыаһыыр,
Чуумпунан чуҥкунуур.
Чаһыылыы уоскуйа уһуутуур.
Чуумпу диэн - уоскулаҥ,
Түгэҥҥэ - сынньалаҥ.
Ардыгар - санньылҕан,
Мин куппар - ытылҕан...
Чуумпу эмиэ тыынар,
Чугаспар сынньанар.
Аттыбар утуйар.
Чуумпура тулалыыр,
Туланы дуу, маныыр.
Тугу эрэ иһиллиир,
Иһийэ, дьэ кистиир.
Чуумпу диэн - уоскулаҥ,
Түгэҥҥэ - сынньалаҥ.
Ардыгар - санньылҕан,
Мин куппар - ытылҕан...
Чуумпу эмиэ тыаһыыр,
Чуумпунан чуҥкунуур.
Чаһыылыы уоскуйа уһуутуур.
Чуумпу диэн - уоскулаҥ,
Түгэҥҥэ - сынньалаҥ.
Ардыгар - санньылҕан,
Мин куппар...