Перейти к содержимому
Обложка трека Сунтаар сирэ — Ефим Авелов feat. Тускулаана
3:08

Трек

Ефим Авелов feat. Тускулаана Сунтаар сирэ

Сингл · 2022 · Поп, Фолк

Скачать

Текст песни

Хотун Бүлүү биэрэгэ
Хампа күөхтээх кытыла.
Дьолооох олох биһигэ,
Дьонноох туона кырдала.

Толоон, Туойдаах, Түбэй Дьаархан,
Бүлүүчээн - Сунтаар сирэ
Түбэй, Тэҥкэ, Наахара
Кириэстээх - Сунтар сирэ

Дьоһун музей дьиктитэ
Дьон сүрэҕин долгутар
Айылҕатын кэрэтэ
Астыннарар, сөхтөрөр

Кээппэндэйи, Тойбохой
Элгээйи - Сунтар сирэ
Аллыҥа, Арыылах
Күндэйэ - Сунтаар сирэ

Дорҕоон ырыа дьиэрэйэр
Добун тойук кутуллар
Оонньуу көр-нар дуорайар
Тунах ыһыах ыһыллар

Маар Күөл, Дьаархан, Куукэй, Сиэйэ
Ыгыатта - Сунтаар сирэ
Хадан, Хоро, Уустуйа,
Илимниир - Сунтаар сирэ

Тойон сэргэ аттыгар
Уохтаах кымыс иһиллэр
Алгыс баһа сыаланар
Айхал тыла этиллэр

Куокуну, Сардаҥа,
Кутана - Сунтаар сирэ
Кээппэндэйи, Тогой Сэлэ
Элгээйи - Сунтар сирэ.

0:00 0:00