Текст песни
Бэс ыйын сарсыардатын
Уруйдуу айхаллыыбын
Самаан сайын кэлбитин
Уйгу-быйаҥ ыспытын
Үрүҥ тунах ыһыахха
Сахам дьоно мустаннар
Алгыстарын этэннэр
Арчыланан эрэллэр
Симэхтэрбин кэтэммин
Сиэдэрэйдик таннаммын
Уруу-аймах дьоммунаан
Туьулгэ5э үктэнним
Үс саха үөскээбит
Орто улуу дойдута
Күн эргиирин батыһаммыт
Оһуохайга киириэххэ
Кыынньар кымыс тутуурдаах
Айах тутан көрсөллөр
Мааны далбар хотуттар
Айхал-мичил этэллэр
Улуу тыллаах убайдар
Олоҥхону тардаллар
Көмүс куолас эдьиийдэр
Тойук туойан эрэллэр
Симэхтэрбин кэтэммин
Сиэдэрэйдик таннаммын
Уруу-аймах дьоммунаан
Туьулгэ5э үктэнним
Үс саха үөскээбит
Орто улуу дойдута
Күн эргиирин батыһаммыт
Оһуохайга киириэххэ
Үс саха үөскээбит
Орто улуу дойдута
Үрүҥ Айыы Аар тойоҥҥо
Уруй-Айхал этиэххэ