Текст песни
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин
Сып-сылаас иэдэстэргиттэн
Убураан ылларбын долгуйа
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Сулустаах халлаанныын холбоһон
Таптыырбын суруйан тиэртэрбин эйиэхэ
Кэрэчээнэ, мин күндү кысчааным
Эйигин илиигиттэн сиэтэммин илдьиэм
Ол ыраах сулустаах халлаан анныгар
Эн биһи ол онно куустуһан тураммыт
Тапталгар уотугар уйдаара, налыйа устуохпут
Эн нарын минньигэс уостаргыттан
Мин куруук убуруур буолуохум
Сэгэриэм, чугаһаа эн миэхэ, кыбыстыма
Эн биһи тапталбыт, эн биһи олохпут
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин
Сып-сылаас иэдэстэргиттэн
Убураан ылларбын долгуйа
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Сулустаах халлаанныын холбоһон
Таптыырбын суруйан тиэртэрбин эйиэхэ
Кэрэчээнэ, мин күндү кысчааным
Долгуннуу устаңңын аттыбынан аастың
Билбэттии туттаңңын мичээр бэлэхтээтиң
Мин уйаң сүрэхпин долгута аймаатың
Хаһыс да төгүлүн тапталбын таайбатың
Сэгэриэм, онньоомо тапталбынан
Эйигин астына көрөбүн туһанан
Кэл миэхэ, сиэттиһэн ол ыраах халлааңңа
Сулустар уоттарын батыһа көтүөххэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин
Сып-сылаас иэдэстэргиттэн
Убураан ылларбын долгуйа
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Сулустаах халлаанныын холбоһон
Таптыырбын суруйан тиэртэрбин эйиэхэ
Кэрэчээнэ, мин күндү кысчааным
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин
Сып-сылаас иэдэстэргиттэн
Убураан ылларбын долгуйа
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Сулустаах халлаанныын холбоһон
Таптыырбын суруйан тиэртэрбин эйиэхэ
Кэрэчээнэ, мин күндү кысчааным
Мин күндү кысчааным
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Оо, санаам, арай эйиэхэ
Кэрэчээнэ, мин күндү кысчааным