Перейти к содержимому
Обложка трека Уруу ырыата — Санита Ай, Эрхаан
3:29

Трек

Санита Ай, Эрхаан Уруу ырыата

Альбом · Санита Ай · 2024 · Поп

Скачать

Текст песни

Бүгүн аймах дьон мустан
Алгыс тылларын этээри
Эдэр ыалы уруйдаан
Истиҥ тыллары көтүтээри
Таптал уотун күөдьүтэн
Ырыа тойук дьиэрэйэр
Саҥа ыалы айхаллаан
Үҥкүү битии ньиргийэр

Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы!
Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы!

Таптыыр сүрэх тэтимэр
Ыалдьыт уйдаран бардаҕа
Үөрүү көтүү дэлэйэр
Таптал өссө күүһүрэр
Оҕолор дьоллоох буоллуннар
Мааны ыал дэтэннэр!
Оҕо уруу төрөтөннөр
Баай олохтоох буоллуннар!

Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы
Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы!

Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы!
Таптал уотун күөдьүтэн
Ырыа-тойук дьиэрэйэр
Саҥа ыалы айхаллаан
Үҥкүү битии ньиргийэр

Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы!
Саҥа ыалы уруйдуох
Саҥа ыалы айхаллыах
Саҥа ыалга баҕарыах
Күүстээх күүстээх тапталы!

Комментировать

0:00 0:00