Перейти к содержимому

Текст песни

Ыра санаа кынаттаах
Туолар торум кэрдиистээх
Эн бааргын киэҥ кыраайга
Элбэх дьон түмсүүлээх
Аан ийэ дойдубут
Аламай кун анныгар
Куруутун тупса тур
Сырдык дьол туһугар

Ырыа тойук аргыстаах
Ытык мааны сирдэрдээх
Талыы ыччат дьоннордоох
Уран сайдар тыл баайдаах
Айыыһыт алгыстардаах
Аан дойду иччилэрдээх
Төрүт саха үҥкүүлээх
Түөрт саха төлкөлөөх
Айхаллаах Тааттабыт

Өрөгөй күүс урсуннаах
Айгыр силик дуоллардаах
Уус уранныыр тыллардаах
Ойуунускай убайдаах
Орто дойду олохтоох
Ойор куннээх саргылаах
Оhуокай туhулгэлээх
Олонхо толооннордоох

Айар үлэ уйгулаах
Албаннаахай ааттардаах
Сарсыҥҥылыыр күннэрдээх
Арылхай талааннардаах
Кэрэ бэлиэ кэс тыллаах
Кэнэҕэс кэнчээрилээх
Килбиэннээх үлэлэрдээх
Алгыстаах дойдубут

0:00 0:00