Обложка трека Санатыма харах уутун — Kokrash, DIMAN, Uyguloona
4:03

Kokrash, DIMAN, Uyguloona Санатыма харах уутун

Сингл · 2025

Скачать

Текст песни

Kokrash - Санатыма харах уутун

Санатыма күндү доҕоруом
Эн миэхэ харах уутун
Эйигинэ суох соҕотохпун
Эн миэхэ мин олоҕум

Билэбин саныыгын, билэбин ахтаҕын
Соҕотох сытаҥҥын истэҕин ырыабын
Билэбин ыраахпын, суохпун (ah)
Эн нарын хараххын одуулуохпун (ah)
Дууһаҕар ытыыгын, бараары ыксыыгын
Сэгэриэм итэҕэй күүтэбин эн сылааскын
Тулаҕын тымныынан көҥүл тыал аймаабыт
Соҕотох туран көрөҕүн күөх куйаары
Эн уонна мин санаабыт биир наар
Эн тылларын мин сүрэхпин сылытар
Эн тапталын мин дууһабын угуйар
Эн тускунан мин ырыабар суруллар
Санатыма харах уутун
Эйигин эрэ кытары мин дьолу биллим
Саарбахтаама атыны буллун
Диэҥҥин этимэ доҕорум
Эн эрэ мин сүрэхпэр кэрэ сибэкким
Дьылҕам бэлэҕэ эбиккин эн миэхэ
Саҥа кэм кэрэни биһиэхэ кэпсиэҕэ
Дьолбут умайан сулус буолан көтүөҕэ
Эн этиий санааҕын тугу да кистээбэккэ
Умайар кутаа тыалга умуллуоҕа суоҕа
Аналым сотууй эн хараҕын уутун
Туора устуо суоҕа биһи талбыт суолбут

Санатыма күндү доҕоруом
Эн миэхэ харах уутун
Эйигинэ суох соҕотохпун
Эн миэхэ мин олоҕум

Харахтаргын симэн ылаҕын үөрэн
Ааспыты эргитэн сүрэххэр
Хараҥаҕа иккиэн хаамабыт сиэттиһэн
Дьолбутугар тиэрдиэҕэ ыллыкпыт
Ытаама сэгэриэм ыраата тэйдэхпэ
Эргиллэн мин кэлиэҕим эйиэхэ
Сибэкки кэрэтин бэлэхтиэм ытыскар
Харах уута сүүрбэтин иэдэскэр
Эн эрэ мин дьолум буоларгын умнума
Саарбах санааттан туора туспа турума
Куотума! Эн мин дьолум буолаҕын
Туонума! Эн мин көтөр кынатым
Санатыма харах уутун
Талбытым ыраатта бу суолбутун
Таҥнарбаппын тапталбытын
Эн эрэ мин аналым буолаҕын
Хаалларыма эн ханна да
Икки суол арахсар аартыгар
Күнүм тыгар эн бааргына
Эн тапталын мин тулам сырдыга
Санатыма харах уутун
Эйигин эрэ кытары мин дьолу биллим
Саарбахтаама атыны булуон
Диэмэ мин кэрэ доҕоруом

Санатыма күндү доҕоруом
Эн миэхэ харах уутун
Эйигинэ суох соҕотохпун
Эн миэхэ мин олоҕум
Санатыма харах уутун
Эн миэхэ күндү доҕоруом
Эйигинэ суох соҕотохпун
Эн миэхэ мин олоҕум

Санатыма эн миэхэ харах уутун
Эйигинэ суох мин соҕотохпун
Күндү доҕоруом, күндү доҕоруом
Санатыма харах уутун
Харах уутун, харах уутун
Харах уутун, харах уутун
Харах уутун, харах уутун
Санатыма харах уутун

Санатыма күндү доҕоруом
Эн миэхэ харах уутун
Эйигинэ суох соҕотохпун
Эн миэхэ мин олоҕум

0:00 0:00