Текст песни
Миигин кытта үҥкүүлээ
Бу Сайыны өр да көһүүтүҥ эн
Ыарахаттар бүттүлэр
Сырдык күннэр дьэ үүннүлэр
Өрөөбүт уоскун өһүлэн эр
Олох диэн олус кэрэ
Көрсөр кэммит чугаһаан иһэр
Бардыбыт күүлэйдии
Сир көхсө киэҥ да киэҥ
Күн тахсыар диэри эн
Миигин кытта үҥкүүлээ
Миигин кытта үҥкүүлээ
Мичээр барсар эйиэхэ
Туох да диэтиннэр
Ону эн истимэ
Миигин кытта үҥкүүлээ
Мичээр барсар эйиэхэ
Туох да диэтиннэр
Бу олох эйиэнэ, эйиэнэ
Кырдьар саас үөмэн кэлиэҕэ соһуччу
Куоттарыма! түгэни харбыалаа бодоччу
Билигин бириэмэ кыратык бытаар
Билэбин Биир эмэ күн барыта сатанар
Ол эрэн эдэр сааспыт төҥнүбэт
Хайдах да кыайан эргиллибэт
Бириэмэ эргиллибэт
Бардыбыт күүлэйдии
Сир көхсө киэҥ да киэҥ
Күн тахсыар диэри эн
Миигин кытта үҥкүүлээ
Миигин кытта үҥкүүлээ
Мичээр барсар эйиэхэ
Туох да диэтиннэр
Ону эн истимэ
Миигин кытта үҥкүүлээ
Мичээр барсар эйиэхэ
Туох да диэтиннэр
Бу олох эйиэнэ, эйиэнэ