Обложка трека aly gyn — Erkhaan, Михаил Кычкин
2:43

Erkhaan, Михаил Кычкин aly gyn

Альбом · Tyyl · 2026

Скачать

Текст песни

Көрдөһөбүн мин эйиигиттэн
Сүтүмэ куотума эн миигиттэн
Илэ көстүүй ду эн миэхэ тапталым
Санаабын уоскута
Илиибэр илиигин ыламмын
Оргууй иэдэстэргин уурурбун санаа
Соҕотох мин халлааны одуулуубун
Сатаан мин эппэппин
Хайдахтык таптыырбын
Этиий сэгэриэм
Тоҕо аттыбар билигин эн буотаххын
Билэбин хайдах да гынарбын
Эйиигин кыайан умнубаппын
Көрдөһөбүн мин көрдөһөбүн мин

Эн миэхэ бэлэхтээбит тапталгын
Кыайан туппатым илиигин
Алы гыныый ду эн миигин
Эн миигин

Эн миэхэ бэлэхтээбит тапталгын
Кыайан туппатым илиигин
Алы гыныый ду эн миигин
Эн миигин

Ууу
Бырастыы
Тапталбытын ылан сатаан быһаабатым
Аны кэлэн тугу уларыта сатаатаҕым
Оло5ум суолтата суоҕар дылы буолла аны
Улаатабыт өйдүүгүн ыраатта биһи хайдахпытын
Эп эдэр о5олор буолан биһи таптаспыппытын
Кып кылгас бириэмэҕэ дьолбутун булбуппутун
Эн ону өйдүүрүҥ өйдүүрүҥ ду
Кэл эрэ кэл эрэ этиий
Миэхэ тиий санааҕын этиий
Кэрэ5ин кэрэ5ин ди санааларгын кистээмэриий
Эн баар буолууй олохпор баар буолууй
Аны дьолбутун хоһуттаан булуохпут ду

Эн миэхэ бэлэхтээбит тапталгын
Кыайан туппатым илиигин
Алы гыныый ду эн миигин
Эн миигин

Эн миэхэ бэлэхтээбит тапталгын
Кыайан туппатым илиигин
Алы гыныый ду эн миигин
Эн миигин

Эн миигин
Эн эн миигин
Эн миигин
Эн миигин

0:00 0:00