Текст песни
Сарсыарда саһарҕа кэриэтэ
Сандаара күлүмнээн тахсаҕын,
Күөх унаар тиэргэммин киэргэтэ
Тэтэрэ дьэргэйэн тураҕын.
Сардаана сибэкким,
Сардаана сибэкким.
Айылҕам нап-нарын чыычааҕа,
Саас-үйэ бар дьону сирдээбит
Күн санаа көмүстээх утаҕа
Кырдьык да эн буолар эбиккин.
Сардаана сибэкким,
Сардаана сибэкким!
Сардаана сибэкким,
Сардаана сибэкким!
Саас аайы бу үрэх устуохтун,
Күөрэгэй чугдаара туойуохтун.
Саас аайы сирэм күөх чэлгийдин,
Сир халлаан кылбаара дьэргэйдин.
Сардаана сибэкким,
Сардаана сибэкким!
Сардаана сибэкким,
Сардаана сибэкким!
Сардаана сибэкким,
Сардаана сибэкким!