Обложка трека Туох да көстүбэт — alta uon bi:r
2:17

alta uon bi:r Туох да көстүбэт

Сингл · 2026

Скачать

Текст песни

Ла-ла-ла
Ньургун
Бас

Умнуоххайын кыһалҕаны сырдыкка тардыһан
Олоххо буолар, араас түгэн кыһаллыман
Арай тийиэхпит ол ыраах киэннэ хардыылаан
Кыралаан да буолар, ситиһиллиэ былаан

Туох да көстүбэт, таһырдьа барыта туман
Туох да иһиллибэт, томмот туһугар халыҥ таҥас
Куһаҕан санаабын барытын туора
Быраҕабын аны үүтүөҕэ сырсан
Онтон урата миэхэ туох наада
Этиий эн миэхэ
Туох наада

Кыһын тымныы куннэргэ
Куммут эрдэ кирэрэ
Куммут кылгас баҕайыы
Туох да кестубэт дьикти

Айыларым аттыбар
Курутун арчылылар
Ыарахан тугэнэрбэр
Куус кеме биэрэлэр

Билбэт оспот бастарбын
Тийэн кэлим эмискэчи
Бу орто туруу бараан дойдуга
Айылартан кердеьен буолбакка
Ебугэлэрим курутун дуьабар
Доготторум ерутун атыбар
Ыарахантан куттана турбаха
Санабытын дабайа сыдьыаха

Куһаҕан санаабын барытын туора
Быраҕабын аны үүтүөҕэ сырсан
Онтон урата миэхэ туох наада
Этиий эн миэхэ
Туох наада

Туох да көстүбэт, таһырдьа барыта туман
Туох да иһиллибэт, томмот туһугар халыҥ таҥас
Куһаҕан санаабын барытын туора
Быраҕабын аны үүтүөҕэ сырсан
Онтон урата миэхэ туох наада
Этиий эн миэхэ
Туох наада

0:00 0:00