Текст песни
Аан дойдуну барытын мин
Кэрийиэм этэ
Билигин ыллым да5аны
Айанныам этэ
Ханна тиийэрбин билбэккэ
Ыраах-да да сирдэргэ
Сиккиэр тыал буолан мин көтүөм этэ
Былыттарга, сулустарга
Ол ыраах халлааңңа
Кустук бүтэр сирин булуом этэ
Ол са5ахха
Ол ыраах са5ахха
Сирдээ миигин, уһун суол
Күнүм уота, аргыс буол
Мин со5отох буолбатахпын
Сиккиэр тыалым мин арыалым
Аан дойдуну барытын мин
Кууһуом этэ
Бу олоххо барытын мин
Көрө охсуом этэ
Оччо5о дууһам уоскуйуо
Сүрэ5им дьолунан туолуо
Сиккиэр тыал буолан мин көтүөм этэ
Хайаларга, хонууларга
Ол ыраах халлааңңа
Кустук бүтэр сирин булуом этэ
Ол са5ахха
Ол ыраах са5ахха
Сирдээ миигин, уһун суол
Күнүм уота, аргыс буол
Мин со5отох буолбатахпын
Сиккиэр тыалым мин арыалым
Сирдээ миигин, уһун суол
Сирдээ миигин, уһун суол
Сирдээ миигин, уһун суол
Сирдээ миигин, уһун суол
Уһун суол