Перейти к содержимому
Обложка трека Разве я виноват — Чолбон
4:30

Трек

Чолбон Разве я виноват

Альбом · Про́клятый Камень · 2025 · Прогрессив

Скачать

Текст песни

Мин этэр тылларым
Туохтарын мин бэйэм билбэтим
Ону эн аахсыма
Сэмэлии санаама
Сэмэлии санаама

Мин буруйум үһү дуо
Кэҕэ кыыл кэриэтэ
Кэрэ кэм кэлбитин
Кэҕэлии киэргэтэн эппэтим?

Мин буруйум үһү дуо
Кэҕэ кыыл кэриэтэ эппэтим?

Мин буруйум үһү дуо
Күөрэгэй чыычаах курдук
Күөх сайын күндүтүн
Көҥүллүк көрүлүү тойукпар
Тупсаран туойбатым?

Мин буруйум үһү дуо
Күөрэгэй чыычаах курдук
Көҥүллүк көрүлүү туойбатым?

Мин буруйум үһү дуо
Күн сирин үрдүгэр кэлбитим
Алааспар сибэкки көстубэт буолбута?
Күн сирин үрдүгэр кэлбитим

0:00 0:00