Текст песни
Аар айыы итэҕэллээх
Сүрэҕэр көҥүл иллээх
Арыллар аан эрэллээх
Иннигэр улуу эллээх
Саха олох олорор
Олох сири толорор
Тымыр хаан оһуор өйдөөх
Уос кутар алгыс тыллаах
Уоскутар кылыһахтаах
Түмэр күн оһуохайдаах
Кымыс тойук кутуллар
Үрүҥ илгэ иһиллэр
Айыһар айылҕалаах
Уйуһар уйулҕалаах
Тулуһар былыргылаах
Дьулуһар айылгылаах
Саха ойон турбута
Үөһэ көтө турбута
Саха аҕа халлаантан алҕанар
Саха аҕа ууһуттан салҕанар
Саха ийэ сиригэр тирэнэр
Саха ийэ тылыгар эрэнэр