Текст песни
Саҥа тахсар күннүүн сырсыһан
бүгүн эрдэлээн турдум мин
ийэм нарын мичээрин санатан
мичээрдиир миэхэ күн
уһугунна алаас сыһыы
хара түүнү киэр кыйдаата
саҥа үүммүт күнү уруйдаан
күөрэгэйдиин дууһам ыллаата
Нөрүөн нөргүй саҥа күн
нөргүй үтүө сарсыарда
туругурун бар дьонум
туругурун
нөрүөн нөргүй саҥа күн
нөргүй үтүө сарсыарда
туругурун бар дьонум
туругурун
Бу үүммүт күн миэхэ аҕаллын
олох саҥа дьикти көстүүтүн
үлэ хамнас барыта табылларын
дьол үөрүүтүн көрсүүтүн
көрдөһүөм этэ бу күнтэн
миэхэ саамай күндү бэлэҕи
Сүрэҕим сөбүлүүр кыысчаана
бэлэхтээтин эйэҕэс мичээрин
Нөрүөн нөргүй саҥа күн
нөргүй үтүө сарсыарда
туругурун бар дьонум
туругурун
нөрүөн нөргүй саҥа күн
нөргүй үтүө сарсыарда
туругурун бар дьонум
туругурун
Нөрүөн нөргүй саҥа күн
нөргүй үтүө сарсыарда
туругурун бар дьонум
туругурун
нөрүөн нөргүй саҥа күн
нөргүй үтүө сарсыарда
туругурун бар дьонум
туругурун туругурун
Нөрүөн нөргүй саҥа күн (саҥа күн)
нөргүй үтүө сарсыарда (сарсыарда)
туругурун бар дьонум
туругурун