Обложка трека Уоскулан — Gosh feat. Евери
3:01

Gosh feat. Евери Уоскулан

Альбом · Уоскулан · 2026

Скачать

Текст песни

Мин сүрүн уоскуланым - эн эрэ
Түүлбэр киирэҥҥин тапталгын бэлэхтээ
Ахтар санаам хайдах буолуон билбэт
Сүрэгим эйиигинэ суох отой тэһийбэт
Кини эрэ миигин кыраттан күллэрэр
Санаам түстэҕинэ үөрүүтүн үллэстэр
Кыра оҕо курдук мэниктээн (дэлби)
Кыратык кини дьээбилээн (сэгэр)
Таптыыбын эйиигин күнүһүн
Таптыыбын эйиигин түүнүн
"көрдүүр көмүһү булар" дииллэрэ
Ол көмүһүм буолаҕын - эн
Бэл Айыы Таҥара билбэт
Эйиигинэ суох хайдах буолуом этэй
Эрэн миэхэ сэгэр
Сиэтэн ылан сэрэнэн баар буолуом

Хомойор күннэргэр мин түүлгэр киирэммин
Угуйуом сылаас салгын буоламмын сэгэрбин
Эбэтэр ол күн уота буоламмын сылытыам
Оргууй сахалыы эйиигин сыллыам

Дууһан уоскуйар
Дьиэҕэ кэлэн куустуһан сытан
Сонуннун үллэстэн дьол кыыма харахтаргар
Барытын кэпсээн туох баарын санааҕар
Эн тапталын ириэриэ кыһынны тымныыга (сылаас)
Тыьырдьа төһө да тымныы буоллар
Эн - туолбут баҕа санаам
Эн - иэйиим кыната
Таптаарыый миигин күнүһүн
Таптаарыый миигин түүнүн
Хас сыл аттыбар бааргын
Ол тухары син биир миигин аптыыгын
Билэбин итэҕэстэрим миэхэ элбэх
Аахайбакка биэрэҕин сүрэххин бэлэхтэн
Эрэн миэхэ сэгэр
Сиэтэн ылан сэрэнэн баар буолуом

Хомойор күннэргэр мин түүлгэр киирэммин
Угуйуом сылаас салгын буоламмын сэгэрбин
Эбэтэр ол күн уота буоламмын сылытыам
Оргууй сахалыы эйиигин сыллыам

Чуумпу хоско үктэммэппин
Түүл уоһун сүтэрбэппин
Уматабыт муораны тыллары
Хоспут туспа дьиэ курдук
Күн устар биллэрбэттии
Иэйиибит бүппэтин сүппэтин

0:00 0:00