Текст песни
Сахам дьоно үөрэн көтөн
Сарсыардаттан сүпсүлгэн
Саргы дьаалы алгыс этэн
Саҕаланар түһүлгэ
Саха аймах өрөй-чөрөй
Бүгүн ыһыах Өрөгөй
Күөх халлааҥҥа өрө күөрэй
Дьүрүһүй ыллас күөрэгэй
Аар айылҕам ситэн хотон
Кэрэтийэ киэркэйдэ
Түһүлгэни толорон
Ырыа тойук дьиэрэйдэ
Оһуокайдаах эһиэкэйдээх
Күүстээх быһый күрэҕэ
Сындыыс сыыдам дьөһөгөйдөөх
Бүгүн үрдүк өрөгөйө
Өрүкүйэн утуйбакка
Үрүҥ түүнү уруйдуох
Саамал кымыһы ыймахтаан
Сайыммытын айхаллыах
Оһуокайдыыр оһуохай
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Көмүс күн анныгар
Оһуохай тойугар
Оһуокайдыыр оһуокай
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Дуорайар саҥалаах
Туойаллар Сахалар